Олох сыала уларыйар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олох сыала уларыйар диэн этии олоххо сайдыы киириитэ уларыйыылары оҥорорун биллэрэр.

Олох биир сиргэ туран, тохтоон хаалбат. Олох сайдан уларыйар, хамсыыр, салгыы баран истэҕинэ, олох сыала эмиэ уларыйар кэмэ тиийэн кэлэр. Олох сыала уларыйыыта өй-санаа, таҥара уларыйарыгар тириэрдэр.

Олус былыргы кэмнэргэ дьон бултаан эрэ аһыыр эрдэхтэринэ араас улахан кыыллар, көтөрдөр курдук булду кыайа-хото бултуур баҕа санаалаах эрдэхтэринэ кыыл, көтөр таҥаралардаах этилэр. Бу кыайа-хото бултаан аһыыр кыыллары, көтөрдөрү үтүктэн өйдөрө-санаалара бултуурга үөрэнэрэ. Байанай таҥара ордук улахан суолталааҕа, олох барыта онтон, бултууртан эрэ тутулуктаах этэ. Дьон бары бултаатахтарына үөрэллэрэ, Байанай таҥара биэрэр диэн итэҕэйэллэрэ, сорохтор көмө көрдүүллэрэ.

Сахалар олоххо сайдыыны ситиһиилэриттэн бултаан аһыыллара аҕыйаан сылгы, ынах иитиитигэр көһөн иһиилэриттэн араас кыыл, көтөр, Байанай таҥаралара кинилэргэ көмө буолар кыахтара сүтэн, мөлтөөн, симэлийэн, саҥа; Дьөһөгөй, Ынахсыт таҥаралар баар буолан, олоххо киирэн испиттэрэ. Билигин Байанай таҥара улахан булчуттар эрэ билинэр таҥаралара буолла, атыттар, араас кыыл, көтөр таҥаралар бары симэлийдилэр, туһаттан таҕыстылар, ааттара эрэ умнуллубакка хаалан сылдьаллар.

Олох уларыйыыта сыалы-соругу уларытар. Билигин бултааһын хотугу улуустарга эрэ ордон хаалан, булчуттар эрэ бултаан айахтарын ииттинэллэр, атыттарга булт сүнньүнэн сынньалаҥҥа, күүлэйгэ эрэ кубулуйда. Олох бу уларыйыытыгар өй-санаа эмиэ хаалсыбакка, өссө эрдэлээн уларыйан биэрэрин ситистэххэ эрэ, олох хаамыытыттан хаалан хаалымыахха сөп.

Билигин, сайдыылаах, уруккуттан уларыйбыт олоххо Байанай таҥараны өрө тутуу, арбааһын олус улахан сыыһа, өйү-санааны халытыы, хаалыы диэки ыҥырыы буолар. Байанай таҥараны өрө тутуу дьону күүлэйгэ, сынньалаҥҥа ыҥырыыга кубулуйбута Саха сирин киин өттүгэр хас да үйэ буолан эрэр. Араас улахан тойоттор аҕыйах ахсааннаах хаалбыт мааны кыыллары, чубукулары сынньана, күүлэйдии сылдьан ытыалыы оонньууллар.

Куорат дьонугар бултуу барыы күүлэйгэ, аһааһыҥҥа, сынньалаҥҥа кубулуйбута ыраатта. Элбэх буолан аһыы-сии, ону-маны ытыалыы барыы айылҕаҕа туох да үчүгэйи оҥорбот, киртитэр, алдьатар өрүтэ элбээн хаалар. Булчут өбүгэлээх сахаларга спорт ытыыга сыһыаннаах көрүҥнэрэ сайдыылара туһалаах буолар.

Уһун үйэлэргэ омуктар олохторун сыала уларыйыыта баҕа санааларын, таҥараларын уларытарыттан уонна биир таҥара аһара баһылааһынын, атыттары симэлитиитин, суох оҥоруутун үөскэппэтэхтэриттэн уһун үйэлээх саха омуга элбэх таҥаралардаах. Олоххо сайдыыны ситиһиигэ, киэҥ сирдэри баһылааһыҥҥа тириэрдибит «Сах» таҥаралаах саха тимир уустара нууччалар кэлэннэр араас заводтарга оҥоруллубут тимир туттар тэриллэри аҕаланнар мөлтөөтүлэр, симэлийдилэр. Билигин уустар тимири уһаарбат буоланнар «Сах» таҥара умнуллан сылдьар.

Олус былыргы кэмнэргэ дьон табаны көлө оҥостон туһанар эрдэхтэринэ таба таҥаралаах эбиттэр. Бу таҥара үгүс улуустарга таба көлө буолан бүппүтүнэн, хаалбыта, умнуллубута ыраатта, аата эрэ хаалан сылдьар. Ынахсыт уонна Дьөһөгөй таҥаралар ынах уонна сылгы билигин да үгүстэргэ туһаны аҕала сылдьалларыттан туттулла сылдьаллар.

Остуоруйа үөрэҕиттэн туһанан былыргы кэмҥэ «тыал буолбут» хоро омуктар тимир уустара сахаларга баһыттаран, аҥардастыы ынах, сылгы иитиитигэр көһүүлэриттэн эстэн, симэлийбиттэрин таба өйдөөн, олоххо сайдыыны аҕалар үлэ тутаах көрүҥнэриттэн туораан биэрбэккэ, ылсыһан иһии омук сайдыылаах дьонуттан ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Олох сайдан истэҕинэ үгүс дьоҥҥо туһалаабат, туттуллубат буолбут таҥаралар атынынан солбуллан, туоратыллан, хаалан иһэллэр. Дьон олохторугар туһата суох, туттуллубат буолбут таҥараны итэҕэйэллэрэ аҕыйаан, таҥара умнуллар, хаалан хаалар, былыргы кэпсээннэргэ эрэ ахтыллар кыахтанар.

Билигин айылҕа уларыйбыта биллэриттэн, дьон айылҕаны уларыйбатыгар, уһуннук турарыгар баҕара саныыллара сылтан-сыл аайы эбиллэн иһэр. Бу улаатан иһэр баҕа санаа «Харыстас» таҥараны үөскэттэҕинэ эрэ табыллар кэмэ тиийэн кэллэ.

Дьон бары айылҕаны харыстыыр, көмүскүүр санаалара өссө күүһүрдэҕинэ «Харыстас» таҥара үөрэҕэ Аан дойдуга тарҕанар. Бу таҥара сахалар үөрэхтэринэн, алгыстарынан салаллан барыыта сахалары лаппа күүһүрдэр.

Билигин саҥа өй-санаа олоххо киириитэ түргэтээбит кэмигэр «Харыстас» таҥара үөрэҕин тарҕатыы быдан түргэнник барар. Саха тылын үөрэтии, сахалыы үгэстэри тутуһуу айылҕаны харыстыырга тирэх, олук буолар кыахтаахтар. Айылҕаны харыстыырга ыҥырар алгыстары саха тылынан ыытыы, оҕолору иитиигэ кут-сүр үөрэҕин туһаныы сахалар сайдыыларыгар тириэрдэр кыаҕа улахан.

Саха омук сайдыытыгар айылҕаны харыстыырга, көмүскүүргэ аналлаах, киһини тугу барытын харыстыырга үөрэтэр «Харыстас» таҥара үөрэҕэ олус улаханнык туһалыыр. (1,67).

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. "Харыстас" таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2015. - 128 с.