Облигация

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Облига́ция (лат. obligatio — эбэһээтэлистибэ; ааҥл. bond — уһун бириэмэлээх, note — кылгас бириэмэлээх) — тутааччыта таһаарбыт эмитеныттан номинальнай сыанатын уу харчынан эбэтэр атын малынан ылыан сөптөөх эбэһээтэлистибэ сыаналаах кумааҕы. Сорох облигациялар ону тэҥэ араас бырыһыаны ылары быһаарар[1].

Облигация уопсай барыһа диэн төлөнөр бырыһыан уонна атыылаһыы бириэмэтигэр оҥоһуллар дисконт (ааҥл. discount).

Эмитеҥҥа облигация эбиискэ уу харчыны аҕалыан сөп уонна харчы иэһигэр майгынныыр. Сороҕор облигацияны таһарааһын ханнык эмит программаны эбэтэр объегы үбүлээһин буолар, ону тутуллубун кэннэ облигациянан төлөнүллүөхтээх харчы онтон киирэр диэн.

Облигация дьиҥэ харчы иэһигэр олус күүскэ майгынныыр. Ол гынан баран облигация таһаарааччыгар уонна атыылаһааччыгар баранар харчыны эрдэттэн быһаарыахха сөп буолар, тоҕо диэн облигацияны ханнык баҕар бириэмэҕэ атын илиигэ атыылыахха сөп. Облигациялар ырыынагар үксэ орто уонна уһун иэс ылыы буолар - биир сылтан 30 сылга дылы.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]