Ньидьили

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Нидьили көстө)
Нидьили күөл

Нидьили — Кэбээйи улууһугар баар улахан күөл. Иэнэ 119 кв.км.

Устата 33,5 км. Кэтитэ 6 км. Орто дириҥэ 3 м. Ууну 1010 кв.км. иэннэх сиртэн хомуйар.

Күөлгэ Күҥкэй уонна Харыйа Үрэҕэ түһэллэр. Гидрология өртүнэн туругун ырытыы 1960 сыллаахха саҕаламмыта.

От ыйыгар уу температурата 18,7° тиийэр. Алтынньыттан бэс ыйыгар диэри уута тоҥ.

Собото Саха сиригэр киэҥник биллэр.

Ылыллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.