Мэҥэ-Хаҥалас улууһа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Мэҥэ Хаҥалас улууһa көстө)
Мэҥэ Хаҥалас улууһа
Гиэрбэтэ
Coat of Arms of Megino-Kangalassky rayon (Yakutia).png
Дойду:  Арассыыйа
Статуһа:  оройуон
Регион:  Саха Республиката
Улуус буолуута:  Олунньу 10, 1930 с.
Урукку аата:  Мэҥэ, Илин Хаҥалас
Иэнэ:  11,7 тыс. км² км²
Официальный язык Саха тыла
Нэһилиэнньэтэ
 • Омуктара
 32 288 киһи (1995)
 Сахалар
Олохтоохторун аата:  Мэҥэлэр, Илин Хаҥаластар
Мэҥэ Хаҥалас Саха Сирин хаартатыгар.
/index.html В энциклопедии «Мой город»

Мэҥэ Хаҥалас диэн Саха Сирин ортотугар баар улуус. Административнай киинэ — Аллараа Бэстээх. Ол гынан баран улуус сорох тэрилтэлэрэ Майаҕа бааллар. Тыа хаhаайыстыбата олус сайдыылаах. Улуус баhылыга Владимир Ильич Птицын.

Ис хоһооно

[уларыт] Историята

Улуус билиҥҥи кыраныыссатынан Олунньу 10 к. 1930 с. Мэҥэ уонна Илин Хаҥалас улуустар холбоhууларыттан үөскээбитэ[1].

Сэтинньи 8 к. 2007 с. Саха Республикатын Ил Түмэнин ылыммыт сокуонунан улуус киинэ Майаттан Аллараа Бэстээххэ көспүтэ.

Улуус сиригэр саха омугун аатырбыт хорсуна Манчаары Баһылай төрөөбүтэ.

Мэҥэ улууһа XVII үйэттэн өрөбөлүүссүйэ буолуор диэри Саха сирин биир биллэр-көстөр уонна саамай бөдөҥ улуустарыттан биирдэстэрэ этэ. 1917 сыллаахха 20-ттэн тахса тыһыынча киһилээҕэ. Олохтоохтор үс улахан бөлөххө арахсаллара: Мэҥэ ууһа (Алтан, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрэ), Доллу Мэҥэ ууһа (Доллу, Дьаабыл, Араҥас нэһилиэктэрэ), Мэлдьэхси Дьаҥхаады, Мөҥүрүөн нэһилиэктэрэ. Бу үс бөлөх нэһилиэктэр уопсай төрүттээхтэр диэн буолар. Мэҥэ ууһун уопсай төрдүнэн Эллэй Боотур уола Болотой Орхон (Оххон) ааҕыллар. Сорох сэһэнньиттэр атын дьону ааттыыллар: Соҕуруу Даары, Орулаа Талый, бэл XVII үйэ 70-с сылларыгар диэри олорбут Буох Дьиэхсин ойууну (сурукка киирбитинэн Декси Орлов)[2].

МЭҤЭ - Бу төрүт-уус аат. Үһүйээннэр кэпсииллэринэн - киһи аата (антропоним). Ол ууһаан тэнийэн, кэҥээн, дорҕооннонон, сураҕыран, туругуран турар./.../ "Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ" кинигэ 1-гы чааьыгар (М,- Л. 1960) "Эллэй и его потомство" диэн таблицалар бааллар (стр. 304-307) . Дьэ бу манна араас кэмҥэ суруллубут үһүйээннэргэ Мэҥэ улууьа Эллэй ханнык ыччатыттан силис тардан тахсыбыта кэпсэнэр. 1898 с. Байаҕантай улууһунааҕы Хаҥалас нэһилиэгин киһитэ П.Е Готовцев: "Эллэй сиэнэ,Болотой Орхон уола Мэҥэ улуус төрдө буолбут"- диэбит./.../ Бу кэпсээн эрдэ суруллубут уонна улуу учуонай В. Радлов кинигэтигэр бэчээттэммит буолан, ордук ыйааһыннввх./.../ Аны сурукка киирбит саамай эрдэтээҥи туоһуну ылан көрүөҕүҥ. XVIII үйэ бастакы аҥаарыгар үлэлээбит Иккис Камчатскай экспедиция научнай үлэһитэ Я.И.Линденау: "Мэҥэ ууһун төрдө Болотой"- диэн суруйан хаалларбыт.Ити - үөһээ ахтыллыбыт Болотой Орхон. Мэҥэ, Мэҥэбил. Бас-көс буолар улуу бэлиэ дьон аҕа ууһун баһылыга буолаллар. Мэҥэлэр - Мэҥэбиллэр. Мэҥэлэр, Мэҥэбиллэр - Мэҥэ аҕатын ууһа. Халыҥнар.Нуучча казактара кэлээт да кинилэри, кинилэр олорор сирдэрин туспа улуус, волость диэн арааран ааттаабытынан киирэн барбыттара: Мегинская, (Маганская, Магальская, Мангунская)./.../

(Багдарыын Сүлбэ "Улуустар ааттара" кинигэтиттэн. Бичик, 2001 с. 69-70стр.)

[уларыт] Географията

Хоту Уус-Алданныын, хотугулуу-илин Чурапчылыын, соҕуруулуу-илин Аммалыын, cоҕуруулуу-арҕаа Хаҥаластыын уонна арҕаа Дьокуускайдыын кэккэлэhэр.

[уларыт] Экономиката

Мэҥэ-Хаҥалас улууһа - Саха Сиригэр биир бастыҥ сайдыылаах улуус буолар. Саха Сирин 11% тыа хаһаайыстыбатын хааччыйар, Саха Сирин 17-25% промышленнай табаарын хааччыйар. Манна элбэх фермалар бааллар уонна 2020 (Сүүрбэ Сүүрбэ) программанан федеральнай программаҕа улуус киирбитэ - Мэҥэ бырайыак диэн. Аны 2012-14 сыллардаахха тимир суол кэлиэхтээх, онно олохтоох дьон бэлэмэ суох диэн айдаан буола турар.

  • Мэҥэ бырайыак - Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ыбылы сайыннарыы, аныгы саҥа оҥорон таһаарар тэрилтэлэри үлэҕэ киллэрии, саҥа олохтоох дьону аҕалыы (150 тыһ.) уонна временнай үлэһиттэри (70 тыһ).

Билигин харчы кириизиһинэн сибээстээн улууска үлэтэ суох дьон ахсаана улаата турар, холобур:

  • 1999 - 114 үлэтэ суох дьон
  • 2001 - 458 үлэтэ суох дьон
  • 2002 - 354 үлэтэ суох дьон
  • 2003 - 501 үлэтэ суох дьон
  • 2004 - 899 үлэтэ суох дьон
  • 2005 - 1077 үлэтэ суох дьон (рекорд)
  • 2006 - 1480 үлэтэ суох дьон (рекорд)
  • 2007 - 1001 үлэтэ суох дьон (арыый намтыыр)
  • 2008 - 1998 үлэтэ суох дьон (Саҥа рекорд)
  • 2009 - 3470 (4000) үлэтэ суох дьон (Саҥа рекорд)

[уларыт] Мэҥэ бырайыагы кириитикэ

Бу Мэҥэ Сахаларын ыбылы эһэр тимир суол иһэр дииллэр! Если иммиграннар кэллэхтэринэ олохтоох дьон үлэтэ суох хаалаллара элбиэ, уонна Сахалар уопсай улуус үрдүнэн бырыһыаммыт кыччыыр 16-20% эрэ буолабыт (билигин Сахалар улууска 91-92% ылаллар).

[уларыт] Демография

Сурутуу ыытыллыбыт сыллырга уонна 2007 сылга олохтоох ахсаана
2002 сыллааҕы сурутуу түмүгүнэн омуктар өлүүлэрэ

[уларыт] Администрацияларынан араарыы

Мэҥэ-Хаҥалас улууһа
# Бөһүөлэк

уонна нэһилиэктэр

Кииннэрэ Кыра сэлиэнньэлэр Улуус

кииниттэн, км

Почта

индекса

Олохтоох

ахсаана

(2010 сыл)

1 Аллараа Бэстээх, бөһүөлэк улуус киинэ 0 3513
2 Майа Майа 34 7287
3 Төҥүлү Төҥүлү 48 2306
4 Нөөрүктээйи Павловскай Хомустаах 10 2004
5 Дьаҥхаады Төхтүр Бөдьөлөк 15 1184
6 Хара Петровка 36 1139
7 Тараҕай Табаҕа 72 892
8 Хорообут Хорообут Харба Атах 70 984
9 Хаптаҕай Хаптаҕай 18 1004
10 Мэҥэ Балыктаах 56 883
11 Бүтэйдээх Бүтэйдээх 106 701
12 Иккис Наахара Хочо 71 662
13 Дьабыл Нуораҕана 60 718
14 Бастакы Тыыллыма Лоомтука 50 701
15 Доллу Тумул 47 578
16 Бастакы Наахара Тиэлиги 103 534
17 Бэдьимэ Бэдьимэ 30 541
18 Ходоро Чүүйэ 39 611
19 Мөгүрүөн Матта Көрдүгэн 65 489
20 Рассолода Рассолода 26 472
21 Алтан Өлөчөй 98 502
22 Баатара Сыымах 99 502
23 Мэлдьэхси Суола 62 426
24 Моорук Суола 84 505
25 Томтор Томтор 23 420
26 Чыамайыкы Даркылаах 156 434
27 Догдоҥо Бөкө Сото 42 361
28 Араҥас Тарат 51 353
29 Холгума Бырама 97 294
30 Иккис Тыыллыма Хаатылыма 68 118
31 Дойду Хапчаҕай 92 132
Барыта 31268

[уларыт] Үөрэҕирии

[уларыт] Быһаарыылар

  1. Оройоуннааһын кэмигэр Мэҥэ улууһун Алтан нэһилиэгин аҥаара (Чаҥкычах аҕатын ууһа бүтүннүү, Улахан уонна Биэкэнэ аҕаларын ууһун сорох өттө) Амма Оройуонугар бэриллибиттэрэ. Г.В. Попов
  2. Алтан, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрин төрүттэрэ. Г.В. Попов. Кудук. Дь. 1998. - 88 с.
Тус бэйэ туттар туруоруулара
Аат даллара

Барыллар
Дьайыылар
Навигация
Үнүстүрүмүөннэр
Үнүстүрүмүөннэр
Атын омук тылынан