Кэрэйииттэр

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Кэрэйииттэр диэн X-XII үү. Байкал күөл аттыгар олоро сылдьыбыт биистэр холбосторо.

Казахтар ортолоругар баар керей бииhин кэрэйииттэри кытта биир төрүттээхтэрин учуонайдар саарбахтыыллар. Казахтар, ногайдар уонна каракалпактар ортолоругар баар ашамайлы бииhэ кэрэйииттэр удьуордара буолар. Каракалпактар ашамайлы биистэрин биир былыргы ууhунан саху аҕатын ууhа, олох соторутааҕыта диэри туспа аул буолан олорбут.

Кэрэйииттэр ааттарын этимологията[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кэрэйииттэр ааттара монгол кэрэ суор диэн суолталаах тылыгар тахсар диэн буолар. Онон суор таҥаралаахтар диэн өйдүөххэ эмиэ сөп. Ол иhин Л.Л.Викторова кереиттэри түүр-шато кытай (хань) тылыттан тылбааhа «суор» диэн ааттаах бииhи кытта сибээстээбитэ. Сахаларга бөрө уонна суор Улуу Тойон уолаттара буолаллар диэн өйдөбүл баара. Хара ойууннар суор буолан хаhыытыыллара, өлбүт ойууннар ийэ куттара суор буолан көтөр диэн өйдөбүл баара. Кыргыhыы иннинэ сахалар «ойдоо, ойдоо» диэн суор хаhыытын түhэрэр үгэстээхтэрэ. Онон былыр суор саха төрүттэригэр тотем (ийэ кыыл) буоларын көрөбүт.

Кэрэйииттэр ааттарын хара диэн түүр тылыттан эмиэ таhаараллар. Холобур, Эуропа айанньыта Карпине э²ин айымньытыгар кереиттэр суохтар. Кинилэр оннуларыгар ханнык эрэ караниттар ахтыллаллар. Онон кэрэйииттэри харалар диэн эмиэ өйдүөххэ син. Абулгази диэн Хива XVII үйэтээҕи хана үлэтигэр кереиттэр ханнара хара уолаттардаах этэ ол иhин инник ааттаммыттар диэн үһүйээни суруйан хаалларбыт. Манна саха диэн тоҥус-маньдьуур тыллаахтарга хара диэн өйдөбүллээҕин ыйыахха син. Дьувэйни диэн XIII үйэтээҕи перс авторын үлэтигэр кэрэйииттэр уонна сакаиттар ханнара Тогрул Ван-ханы Чыҥыс Хаан былааhы ылыан иннинэ Монголияҕа сэриитин ахсаанынан уонна баайынан тэҥэ суох улуу баhылыгынан ааҕар. Манна көстөрүнэн, сакаиттар кэрэйииттэри кытта тэҥҥэ ахтыллаллар. Тогрул Ван-хан Тохтоо-Бокону үнтүрүтэн, мэркииттэр сирдэрин бэйэтин илигэр холбуу сылдьыбыта биллэр. Баҕар ол иhин Тогрул кэрэйииттэр эрэ ханнара буолбатах, меркииттэр (сакаиттар?) эмиэ аҕа баһылыктара аатырбыта буолаарай?

Кэрэйииттэр дьиҥэр 1006 сылтан эрэ биллэллэр, кинилэр баhылыктара Маркуз (Марк диэнтэн) бэйэтин омугун кытта христианствоны ылбыт. Онон хата кэрэйиит (хэрээд монголлуу) диэн омук аата, кириэс диэн тылтан тахсар буолуон сөп. Ону кэрэйииттэр удьуордара буолар казахтарга баар керейдар, калмыктарга баар кереиттэр тамгалара кириэс буолара да көрдөрөр. Сахаҕа маны таhынан кэриэс диэн тыл баар. Онон саха төрүттэрэ христианствоны өссө төрүт дойдуларыгар олорон билэр буолуохтарын сөп.