Кыһыл тэтиҥээйи

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Leccinum aurantiacum.JPG

Кыһыл тэтиҥээйи (лат. Leccinum aurantiacum S.F. Gray, нуучч.: осиновик красный, красноголовик) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр тэллэй.

Саха сирин соҕуруу, киин уонна арҕаа улуустарыгар үүнэр. Сииктээх сэбирдэхтээх уонна булкаас ойуурдарга көстөр.

[уларыт] Оҥоһуутун ойуулааһын

Сэлээппэтэ: көппөҕөр, ньуолах түүлээх ньуурдаах, өҥө бастаан кыһыл, онтон хараҥа кыһыл. Туруупкалаах араҥата: үрүҥ, онтон кирдээх үрүҥ. Этэ: үрүҥ, алдьаттахха бастаан халлаан куөҕэ буолар, онтон хараҥа чэриниилэ өҥнөнөр. Атаҕа: төкүнүк, уһун, үрүҥ өҥнөөх[1].


[уларыт] Хомуллар кэмэ

От ыйабалаҕан ыйа, бастакы хаһыҥ түһүөр дылы. Саамай иҥэмтэлээх тэллэйдэртэн биирдэстэрэ.

[уларыт] Быһаарыылар

  1. Грибы Якутии. Г.С. Угаров уонна соавт., Дьокуускай, Бичик, 2009
Тус бэйэ туттар туруоруулара
Аат даллара

Барыллар
Дьайыылар
Навигация
Үнүстүрүмүөннэр
Үнүстүрүмүөннэр
Атын омук тылынан