Кытыан

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Кытыан

Кытыан (лат. Juniperus) (нуучч.: Можжевельник) — куруутун күөх, сытыы инньэлээх, отоно көҕөрүмтүйэн көстөр сэппэрээк үүнээйи.

Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү өрүстэр сүнньүлэригэр үксүн үрдүк сирдэргэ үүнэр.


[уларыт] Эмкэ туттуллуута

Кытыан ииктэтэр дьайыылааҕынан биллэр. Онон хатыҥ сэбирдэҕин кытта холбоммут көөнньөһүгүн бүөр, хабах ыарыыларыгар, дыгдайыыга туттуллар. Итиэннэ сөтөл силин үчүгэйдик хоҥуннарар. Сүһүөх дьарҕа ыарыытыгар ванна оҥостон эбэтэр көөнньөһүгүнэн сэрэнэн ыалдьар сири н сотон, илбийиллэр (массаж)[1].

[уларыт] Быһаарыылар

  1. К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008. ISBN 978-5-7696-2947-1
Тус бэйэ туттар туруоруулара
Аат даллара

Барыллар
Дьайыылар
Навигация
Үнүстүрүмүөннэр
Үнүстүрүмүөннэр
Атын омук тылынан