Иэрэс

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Иэрэс (был.-гириэк. αἵρεσις, нуучч.: ересь) - таҥара дьиэтин догмааттарын утарар санаа, доктрина. Христианствоҕа иэрэстэр II үйэттэн саҕалаан элбээбиттэрэ. Эрдэтээҥи иэрэстэргэ арианство, монофизитство, пелагианство уонна донатизм киирэллэр. XII-XIII үйэлэргэ иэрэһи кытта инквизиция охсуһар буолбута. XVI үйэҕэ протестааннар Реформациялара Арҕаа христианствоны араарбытын кэннэ иэрэс суолтата түспүтэ[1].

Иэрэс иудаизмҥа, буддизмҥа, индуизмҥа уонна ислаамҥа эмиэ баар.

[уларыт] Быһаарыылар

  1. Britannica Большой иллюстрированный энциклопедический словарь, 2009, Астрель
Тус бэйэ туттар туруоруулара
Аат даллара

Барыллар
Дьайыылар
Навигация
Үнүстүрүмүөннэр
Үнүстүрүмүөннэр
Атын омук тылынан