Егоров Андрей Николаевич (Бурҕаа)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Егоров Андрей Николаевич (Бурҕаа) — Үөһээ Бүлүү Кыһыл дружинатын байыаһа.

1892 сыллаахха Нам нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 1923 сыллаахха Бэдьэкэ бандьыыты тутуспута. 1922—1926 сылларга Бүлүүгэ, Алдаҥҥа милиция органнарыгар үлэлээбитэ, 1926 сылтан Сэбиэт председателинэн, кэлин «Кыһыл сирдьит», «Чолбон», «Кыһыл үлэһит» колхозтары тэрийсибитэ, «Чолбон», «Саҥа олох», «Бааһынай» колхозтар председателлэринэн үлэлээбитэ.

1938 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын Бүтүн Сойуустааҕы Выставкатыгар кыттыбыта. Саха АССР бастакы ыҥырыылаах Үрдүкү Советын дьокутаата. Персональнай пенсионер.