Догойуков, Иван Павлович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Догойуков Иван ПавловичДогойук уола (1840 — 1930), аатырбыт олоҥхоһут, ырыаһыт.

1840 сыллаахха Марха улууһун (билигин Ньурба улууһа) Накас нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Кырдьар диэри оһуокай тылын тардар этэ. 1926 сыллаахха 86 саастаах сылдьан төрөөбүт нэһилиэгэр түһүлгэ ырыатын толорон турардаах.

Номох быһыытынан кини ырыаларын А.Е. Кулаковскай наһаа сөбүлүүр үһү.

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Ксенофонтов Г.В. Легенды и рассказы о шаманах, Иркутск, 1930.
  • Якутский фольклор. Ленинград, 1936.
  • Ксенофонтов Г.В. Эллэйаада. М., 1977.
  • Уткин К.Д. Түһүлгэни төрүттээччилэр. Ньурба, 1989.

Ылыллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Энциклопедия Якутии, Якутск, 2000.