Босиков Василий Иванович - Босяк

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Босиков Василий Иванович — Босяк (07.02.1946 төр.[1]) — бэйиэт, 1991 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх учуутала.

1946 сыллаахха олунньу 7 күнүгэр Уус-Алдан улууһугар Дүпсүн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Саха государственнай университетын историко-филологическай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Василий Босяк айар үлэнэн 1964 сылтан дьарыктанар. Ити сыл "Эдэр коммунист" хаһыакка кини хоһоонноро тахсыбыттара. II-с «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар гимнин автора. Василий Босяк 2008 сыллаахха муус устар ый 29 күнүгэр өлбүтэ.

Айымньылара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Угуйар саҕах. - Дьокуускай, 1988
  • Барыта эйиэхэ ананар: Хоһооннор. - Бороҕон, 1992
  • Эн мичээриҥ = Твоя улыбка = Ton sourire: Лирические стихи. - Якутск, 1995
  • Уолукпар оргуйар санаалар: Хоһооннор, поэмалар. - Дьокуускай, 1996

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Василий Босиков - Босяк // Писатели Якутии, pnbglaz.narod.ru (нууч.)

Ылыллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Писатели земли Олонхо. Якутск, 2000