Бикипиэдьийэ:Ыйааһыннаах олоҕуруу

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Бикипиэдьийэ ыстатыйалара киэҥ эйгэҕэ (бэчээккэ) тахсыбыт ыйааһыннаах төрүккэ олоҕуруохтаахтар. Бу сирэйгэ ыстатыйа тирэҕирэр айымньыларын итэҕэтиилээхтэрин сыаналааһын туһунан суруллар, сыала-соруга - бу икки сиэри кэһии алҕастарын суох оҥоруу: Бикипиэдьийэ:Туһунан көрүүлээх-истиилээх чинчийии көҥүллэммэт уонна Бикипиэдьийэ:Тургутуу.

Бикипиэдьийэҕэ ханнык эрэ туһалаах билиини киллэриэххин баҕарар буоллаххына онтуҥ олоҕо суох буоллаҕына сотуллуон сөбүн өйдүөхтээххин. Сигэни ыстатыйаҕа матырыйаал эбэр киһи угуохтаах. Төрүтү, сатанар буоллаҕына, куруук угар куолу.

Ыйааһыннаах олоҕуруу суох түгэнигэр[биики-тиэкиһи уларытыы]

Ыстатыйаҕа ыйааһыннаах олоҕуруута суох санаа угуллубут буоллаҕына хайыыбыный диэн ыйытыы үөскүөн сөп. Көрдүҥ да ол санааны сото сатаама. Соттоххуна тупсарарга кыах биэрбэтиҥ диэн буруйданыаххын сөп. Ол иһин бастаан {{сигэтэ суох}} диэн халыыбы туруор. Кэтэс. Ким эрэ, ааптар дуу, атын киһи, баҕар Эн да буолуо, итэҕэтиилээх төрүттэри булан ылан хайаан да тупсарыа. Суруллубут санаа көстөн турар алҕастаах, туора-тосту сыыһалаах эрэ буоллаҕына сот.