Бикипиэдьийэ:Сиэри-туому ырытыы/Холобур

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аһыыр сиэр. Киһи аһыан иннинэ хайаан даҕаны тулатыгар баары санаан ылыахтаах. Ол курдук, холобур, аттыгар олорор дьону. Кинилэргэ аһыахтаах аскыттан санааҕынан үллэстиэх тустааххын. Ким да суох буоллаҕына эмиэ, чугас дьоҥҥун саныыр буол. "Хайдах сылдьаллара буолла?", "Аһаатылар эрэ, аһаабатылар эрэ?" диэх тустааххын. Итинник санааһын "үллэстии", "тииһиннэрии" диэн ааттанар.

Өссө туран, күн сириттэн барбыт чугас эт-хаан дьоҥҥун биирдэ эмэ эмиэ ити курдук санаан ааһар ордук. Ол аата кинилэр дууһаларын сырдатыы дэнэр. Оттон иччилэргэ, Айыыларга бэссии биир туспа ис хоһоонноох. Кинилэр эйиэхэ аһыыр, тыыннаах сылдьар дьолу тиксэрбит үтүөлэригэр киһи мэлдьи махтаныахтаах. Ол биир судургу ньымата : илиигэр туппут бастакы аскын сирэйиҥ туһунан үөһэ "дук" гынан ылыы. Ол аата кинилэри саныыргын, өйдүүргүн биллэрэҕин. Элбэх дьон ортотугар итини киһи бэйэтин санаатыгар оҥорон көрүөхтээх.