Ал-Каида

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ал-Каида былааҕа

Ал-Каида (Арабтыы: القاعدة) диэн 1980-с сс. бүтүүлэригэр Афганистан сэриитин кэмигэр тэриллибит исламист бөлөҕө. Фундаменталист сунни хамсааhына. Аан дойду үрдүнэн дьайыылаах.

Ал-Каида араас дойдуларга баар олохтоох уонна сэрии сыалларыгар саба түһэр, олортон ордук биллиилээхтэрэ 2001 сыллааҕы Балаҕан ыйын 11 саба түhүүлэрэ. Онтон сылтаан АХШ дьаhалтата терроризмныын сэриини саҕалаабыта. 2009 с. туругунан, бөлөх 200-300 икки ардынан кыттааччылардаах.[1]

Басханнара Осама бин Ладен уонна Айман ал-Зауаhири. Ол гынан баран, бөлөх дьиҥ тэриллиитин тутула биллибэт.

Быhаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]