«Кенигсбери ылыы иһин» мэтээл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
«Кенигсбери ылыы иһин» мэтээл
«Кенигсбери ылыы иһин» мэтээл лиэнтэтэ

«Кенигсбери ылыы иһин» мэтээл - бары "Ылыы иһин" мэтээллэр курдук куораты өстөөхтөн быыһаан ылбыт, кыайбыт саллааттар, эппэрээсийэни салайбыт дьон наҕарааданаллара. Бэс ыйын 9 күнүгэр 1945 сыллаахха олохтоммута. Түөс хаҥас өттүгэр кэтиллэр, ССРС атын мэтээллэрэ баар буоллахтарына Будапеһы ылыы иһин мэтээл кэнниттэн ыйанар.

Быһа холоон 760 тыһ. киһи бу мэтээлинэн наҕараадаламмыта[1].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Уордьаннар, мэтээллэр. Альберт Капрынов, Кыым, 2011, ыам ыйын 12 күнэ